Уран тыл улуу маастара

Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа
115 сылын көрсө  виртуальнай быыстапка

Mobirise

Норуот таптыыр суруйааччыта.

        Саха Республикатын народнай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа 1906 с. тохсунньу 6 кунугэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Маҥнай поэт быһыытынан биллибитэ. Бастакы хоһооно "Ийэ" 1927 с. "Чолбон" сурунаалга бэчээттэммитэ. Ол эрээри дьоҕура ордук проза жанрыгар тобуллубута.
Драматическай айымньылартан "Ситим быстыыта" (1937 с.) уһун үйэлэннэ.
        Саха норуотун олоҕо тосту уларыйар кэрдии кэмин киэҥник, дириҥник хабан көрдөрөр "Сааскы кэм" курдук аатырбыт роман ааптара. Бу айымньы сахалыы, нууччалыы уончалыыта тахсыбытын таһынан, украинскай, венгерскэй, чех тылларыгартылбаастаммыта.
        Сэһэн жанра сайдарыгар улахан үтүөлээх. Итини тэҥэ Амма Аччыгыйа oҕo биллэр суруйааччыта, публицист, очеркист, литература сыанаһыта уонна тылбаасчыт этэ. Л.Н. Толстой "Анна Каренина", "Сэрии уонна эйэ", "Тиллии" курдук бөдөҥ айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Tөhө да саас баттаабытын иһин, М.А.Шолохов "Чуумпу Донун" саха­лыы тылбаастаабыта.
        ССРС суруйааччыларын маҥнайгы съеһин делега­та. ССРС уонна РСФСР Үрдүкү Сэбиэттэрин депутаттарынан талылла сылдьыбыта.
Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ. Икки Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, икки "Бочуот Знага" уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
         1934 с. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ. 1994 с. сэтинньи 11 кунугэр ыалдьан өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.


Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа ааҕааччы биһирэбилин ылбыт “Сааскы кэм” арамаана 1944 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Бу кэм устата айымньы нууччалыы, украиналыы, чех уонна венгр тылларынан тахсыбыта, киинэ да уһуллубута, испэктээк да турбута.


Mobirise

Амма Аччыгыйа. Сааскы кэм: роман. 
Саха норуотун олоҕо тосту уларыйар кэрдиис кэмин киэҥник, дириҥник хабан көрдөрөр айымньы. Сүрүн герой Микиитэ Лэглээрин уобараһыгар оччотооҕу оҕо киһи үүнэн-сайдан иһиитин, кини характера түстэниитин, киһи - хара буола улаатыытын суруйааччы бэркэ сыныйан ойуулаабыт.  Саха дьонун уратылара, ис айылгылара, олохторо-дьаһахтара арыллаллар.


Роман народного писателя Якутии Н. Мординова

Амма Аччыгыйа. Весенняя пора: роман.
Роман народного писателя Якутии Н. Мординова "Весенняя пора" называют якутской эпопеей. В нем отображены бесправное, угнетенное положение якутской бедноты до Великой Октябрьской социалистической революции, борьба трудящихся за Советскую власть, за право жить по-новому



Амма Аччыгыйа  - саха прозата XX-с үйэҕэ үөскүүрүгэр, сайдарыгар улахан кылааты киллэрбит  суруйааччы.  Г. Боескоров  Амма Аччыгыйа  айар үлэтинэн  саха литературата  кэпсээнтэн - сэһэҥҥэ, сэһэнтэн - ромаҥҥа  кэрэһилээбитэ  диэн бэлиэтээбитэ. Суруйааччы биир бөдөҥ айымньыта "Алдьархай" буолар.


Mobirise


Амма Аччыгыйа. Айымньылар.  3 т. Алдьархай.

Норуодунай суруйааччы Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа айымньыларын хомуурунньугун 3-с томугар олоххо дьиҥнээх буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран суруйбут сэһэнэ киирдэ.

Mobirise


Амма Аччыгыйа. Беда: повесть.

Имя Николая Мординова, народного писателя Якутии, давно знакомо читателю. В необычных обстоятельствах раскрываются перед нами герои его повести "Беда". В марте 1943 года где-то в далекой Якутии потерпел аварию самолет. Оба пилота погибли. Остальные члены экипажа и случайные пассажиры - среди них две женщины - пострадали в разной степени. Без пищи, лишенные средств связи и передвижения, они оказались всецело во власти зимней тайги


Николай Егорович оҕолорору кытта ыкса үлэлэспит, алтыспыт буолан оҕо уйулҕатын билэр суруйааччы. Оҕолорго анаабыт айымньылара улахан биһирэбили ылбыттара.


Mobirise
Амма Аччыгыйа.  Тоҕус төгүл "тоҕо"?: кыра саастаах оҕолорго.

Народный писатель Якутии Н. Е. Мординов - Амма Аччыгыйа в своих рассказах описывает отношения детей между собой.

Mobirise
Амма Аччыгыйа. Кэпсээннэр. Хоһооннор. Поэма. Очеркалар

В книгу включены стихи, рассказы народного писателя РС (Я), заслуженного деятеля искусств РС (Я), лауреата Государственной премии имени П. А. Ойунского Николая Егоровича Мординова - Амма Аччыгыйа. Издание приурочено к 100-летию со дня рождения

Mobirise
Амма Аччыгыйа. Дьон ортотугар.

В серию "Библиотека для якутских школ" вошли стихи, рассказы, воспоминания народного писателя Якутии Амма Аччыгыйа, в которых воспевается первый учитель, первые всходы новой жизни периода 20-30 годов 20 века.


Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан бу кинигэлэргэ билсиҥ.


Mobirise
Черосов Михаил Андреевич.Ытык-мааны Амма Аччыгыйа: народнай суруйааччы туһунан ахтыылар. 

Книга составлена на основе магнитофонных записей, бесед с народным писателем Якутии Николаем Егоровичем Мординовым-Амма Аччыгыйа, с которым М. А. Черосов дружил более 20 лет. Раскрывается личная жизнь аксакала, гуманиста, его отношение к близким, якутской литературе. Включены редкие фотографии, собранные до 90-х гг. энтузиастом, горячим поклонником таланта народного писателя.

Mobirise
Амма Аччыгыйа - уран тыл улуу маастара.

В книге собраны и систематизированы научные статьи ученых-преподавателей, исследователей творчества и художественного мастерства народного писателя Якутии Н. Е. Мординова-Амма Аччыгыйа. Книга предназначена для студентов высшего и среднего учебного заведения, для учителей и школьников и для всех, кто интересуется творчеством Амма Аччыгыйа.

Быыстапкаҕа ыйыллыбыт кинигэлэри Национальнай библиотека Электроннай библиотекатыттан булан аа5ыаххытын сөп.
Электроннай библиотека ааҕаччыта буолуоххутун баҕарар буоллаххытына, бу personalsmart@cbsykt.ru почтаҕа суруйаҥҥыт билсиҥ.  

Туһаныллыбыт литература: 

1. Амма Аччыгыйа - уран тыл улуу маастара : [ыстатыйалар хомуурунньуктара] / Үөрэхтээһин федер. агентствота, М. К. Аммосов аатынан Саха гос. ун-та ҮПҮ ГҮҮ , Саха филологиятын уонна культуратын фак. ; [хомуйан оҥордо филол. н. д., СГУ проф. В. Б. Окорокова]. - Дьокуускай : СГУ изд-вота, 2007. - 154 с
2. Амма Аччыгыйа - Мординов Н.Е. Киһи уонна айымньы. Ахтыылар, ыстатыйалар, этиилэр. (Человек и творчество. Воспоминания, статьи, речи). - Якутск : Кн. изд-во, 1975. 
3. Чооруоһап, М.А. Ытык-мааны Амма Аччыгыйа: (нар. суруйааччы туһунан ахтыылар) / А.А. Чооруоһап. - Дьокуускай: Бичик, 2006. - 128 с.
4. Писатели Якутии : библиографический справочник / Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия), Ассоциация писателей Якутии, Национальная библиотека Республики Саха (Якутия) ; автор-составитель В.Н. Павлова ; редакционная коллегия: О. Г. Сидоров [и др.] ; фотографии и репродукции А.И. Винокурова и др. - Якутск : Бичик, 2019. - 720 с.

Быыстапканы бэлэмнээтэ - Беленкова М.В., сүрүннүүр библиотекарь 

Designed with Mobirise web page theme