Оҕолорго, төрөппүттэргэ сайын туһунан
виртуальнай быыстапка.
Атырдьах ыйа, аата этэрин курдук, бу ыйга сүнньүнэн от кээһэллэр. Сайыҥҥы куйаас мөлтүүр, түүнүн лаппа сөрүүкүүр. Ылдьыын, Ыспааһаптар ардахтарын кэнниттэн күн соччо күүскэ сырайбат, түүнүн хаһыҥ түспэтэҕин да иһин, биллэрдик тымныйар. Быһата, ый иккис аҥаарыттан күһүн тыына биллэн барар.
Сайыҥҥы сынньалаҥ кэннэ, оҕолор уһуйааннарыгар, оскуолаларыгар бэлэмнэнэллэр. Самаан сайыны хайдах атаарбыттарын, тугу билбиттэрин-көрбүттэрин кэпсэтэллэр.
Атырдьах ыйыгар араас сир аһын үргүүллэр, итии куйаастар бүтэннэр айылҕаны кытта алтыһыы күүһүрэр.
Кырачааннарга аналлаах саха төрүт оонньууларын туһунан тэттик хоһооннор оҕо тылын сайыннарарыгар, төрөөбүт норуотун үгэстэрин билэригэр, чэгиэн-чэбдик буоларыгар көмөлөһүөхтэрэ, уол оҕо кытаанах санаалаах, кыайыыга дьулуурдаах, булугас толкуйдаах, сымса, бэргэн буола улаатарыгар тирэх ууруохтара.
Кинигэҕэ иитээччи идэлээх ааптар кыра саастаах оҕо болҕомтотун, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыыга аналлаах хоһоонноро киирдилэр.
Отонноох оҥоойугум.
Кинигэҕэ Саха сиригэр үүнэр айылҕа быйаҥа – сир аһа – хоһоон тылыгар хоһуллар.
Суруйааччы ханнык үүнээйи бастаан хомулларын сырдатар, туохха туһалааҕын ыйар. Олус туһалаах, элбэххэ үөрэтэр кинигэ.
Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар анаммыт кинигэҕэ уһук хотугу дойду, киин сир дьонун урукку уонна билиҥҥи олохторо-дьаһахтара ойууланар. Ааптар оҕолору айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун тутуһарга, тулалыыр эйгэни харыс-тыырга, таптыырга үөрэтэр. «Адаҕалаах ат», «Сугуннуур эһэтэ» диэн кэпсээннэргэ суруйааччы кыылы-сүөлү киһититэн көрдөрөр.
Оҕо уһуйааннарын иитиллэччилэригэр уонна алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах олоҥхо.
Кинигэҕэ тугу барытын билиэн-көрүөн баҕалаах Саанчык уол сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр араас быһылааннарга түбэһэр, ол эрээри кини бу сайыны бэрт көдьүүстээхтик атаарар. Кэпсээннэргэ ааптар оҕо уйулҕатын хоһуйуулара бэркэ табыллыбыттар. Орто саастаах оскуола оҕотугар ананар.
Быыстапкаҕа туһаныллыбыт кинигэлэри
"SMART 2.0.3'' библиотекаттан уларсыаххытын сөп.